четверг, 29 февраля 2024 г.

"Ытык эйгэ - дьиэ кэргэн" кинигэ быыстапката

Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан олунньу ый 28 күнүгэр, "Алгыс" норуот айымньытын киинигэр,  "ЫТЫК ЭЙГЭ - ДЬИЭ КЭРГЭН" кинигэлэринэн быыстапка тэриллэн турбута. Бу быыстапкаҕа нэһилиэкпит дьоһун-мааны ыаллара таһааттарбыт кинигэлэрэ, альбомнара дьон интэриэһин тардыбытынан салҕыы "Эйгэ" саҥа көлүөнэ библиотекатыгар кэлэн билсиҥ, көрүҥ, ааҕыҥ! Нэһилиэкпит сайдар төлкөтүн төрүт силиһэ - ийэ, аҕа уустара буолар, онон дьиэ кэргэҥҥит төрүччүтүн үөрэтэн, кинигэ бэчээттэтэн таһаараргытыгар көмө-тирэх оҥостуҥ, сүбэтэ-амата ылыҥ. Быыстапка көрдөрүүгэ кулун тутар 5 күнүгэр диэри туруоҕа.

 




Комментариев нет:

Отправить комментарий