суббота, 20 января 2024 г.

Инникигэ эрэл, баҕа санаа туолуута

Киһи аймах былыр-былыргыттан тулалыыр эйгэтин билэ-көрө сатыырын таһынан бэйэтин айылгытын, оҥоруу уонна төлкө кистэлэҥнэрин таайа сатыыр. Тохсунньу 16 күнүттэн 19 күннэригэр диэри "Эйгэ" саҥа көлүөнэ библиотекатыгар 5 "б", 10, 11 кылаас үөрэнээччилэригэр бу ый хаамыытын, билгэ суолтатын билиһиннэрэр сыаллаах "Таҥха. Билгэ" билии чаастара ыытылыннылар.  Таҥханы сэҥээрээччилэргэ  Попова Е.М. - Күн Куйаарыма "Арый. Билгэлэн. Арчылан", "Сулус. Оҥоруу. Төлкө" уонна Амма Аччыгыйа "Сааскы кэм", Николай Якутскай "Төлкө" кинигэлэринэн баҕа санааларын ыйыттылар, түөрэх бырахтылар. Ону таһынан ааҕааччыларбыт  аныгы олох сиэринэн  "Баҕа санаа" каартатын оҥоһуннулар.

Күндү ааҕааччыларбыт, таҥхаланыыгыт дьолу, үөрүүнү тосхойдун, инникигэ эрэли үөскэттин, таба суолу тутуһарга көмөлөстүн!









































 

Комментариев нет:

Отправить комментарий