четверг, 11 января 2024 г.

"Билгэлэн.Арчылан"

 2024 сыл - Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо спордун уонна саха омукка Айыыһыт  сыла үүммүтүнэн бука барыгытын эҕэрдэлиибит! Саҥа сыл хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ дьолу-соргуну, иллээх-эйэлээх, байылыат олоҕу түстээтин!

Тохсунньу - Таҥха ыйа. Былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит таҥха иһиллээн, сэрэбиэй быраҕан, кистэлэҥ эйгэ быыһын сэгэтэн, инникилэрин тымтыктанан көрөллөрө. Ол үгэс күн бүгүҥҥэ диэри сүппэккэ-оспокко, таҥха оонньууларын сэҥээрэр киһи билигин да үгүс. Тохсунньу ый 12 күнүттэн 19 күнүгэр дылы "Эйгэ" саҥа көлүөнэ библиотекатыгар эргэ саҥа дьыл, таҥха  уонна Кириһиэнньэ кэмигэр аналлаах "Билгэлэн. Арчылан"  тэрээһиҥҥэ ыҥырабыт. 

1970-80 сыллардааҕы  сэбиэскэй кэми санатар зона эһигини күүтэр. Эһиги болҕомтоҕутугар атахха турар "Чайка" телевизор, "Иней-303" ленточнай магнитофон, "Смена" фотоаппарат, кыра харыйачаан, тымныы оҕонньор, 1947 сыллаахха тахсыбыт Н. Якутскай "Төлкө", 1982 с. Амма Аччыгыйа "Сааскы кэм" кинигэлэрэ, Ленин портрета, "Ленин суола", "Эҥсэлиада" Нам оройуонун хаһыаттара, "Маяк" чаһы, саҥа дьыллааҕы открыткалар, оонньуурдар, сувенирдар  уо.д.а. бааллар. Бу күннэргэ кинигэнэн инникини билгэлэнии, хаартынан сэрэбиэйдэнии уонна маастар кылаастар ыытыллыахтара. 

 Кэлиҥ, сылдьыҥ урукку кэмҥитин санаан хаартыскаҕа түһэн үйэтитиҥ!

Сиһилии 89627362381, 89245677209 эрийэн билсиҥ.






Комментариев нет:

Отправить комментарий