среда, 6 марта 2024 г.

Норуот маастарын күнүгэр - "Илиим сылаас имэҥинэн "быыстапка

 

  Бүтүн Россиятааҕы "Гений места" проект чэрчитинэн, РФ Дьиэ кэргэн сылынан уонна сахабыт сиригэр үгэс буолбут Норуот маастарын күнүгэр аналлаах "Эйгэ" саҥа көлүөнэ библиотекаҕа биир ураты кэрэ эйгэ күнэ буолан ааста. Нам улууһун Ытык киһитэ, Бартыһаан нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, СР култууратын уонна Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, РФ Худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ,   норуот маастара, библиотечнай үлэ бэтэрээнэ  М. В. Оконешникова үбүлүөйдээх  80 сааһыгар аналлаах «Илиим сылаас имэҥинэн» айар үлэтин быыстапкатын аһыллыытыгар дьон-сэргэ, оҕо-аймах муһунна. Быыстапка аалай кыһыл лиэнтэтин быстылар "Хомустаах I-кы нэһилиэгэ" МТ баһылыга Жирков В. Г., "Эйгэ" саҥа көлүөнэ библиотекатын сэб. Жиркова Н.Д. уонна Бартыһаан нэһилиэгин "Албан аат" музей салайааччыта Сардаҥа Харысхал Хамаҕа кыыһа. Тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттар Марфа Васильевна ураты айылгылаах ииһин сөҕө-махтана көрдүлэр. Марфа Васильевна үөлээннээхтэрэ, дьүөгэлэрэ, чугастык саныыр дьонноро Лаврентьева Т.Ф., Посельская Г.В., Константинова Н.В., Муксунова А.С., Сысолятина М.П., Яковлева В.П. уо.д.а.истиҥ санааларын эттилэр, махтал тылларын анаатылар. 

Норуот маастардара, кэрэҕэ уһуйар учууталларбыт айар-тутар уус-уран дьоҕурдарын, олоххо-дьаһахха, дьиэ кэргэҥҥэ үгэс буолбут үөрүйэхтэрин, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сиэрин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иһэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Бу күн бэйэтин сатабылыгар оҕолору, эдэр ыччаты сэргэ улахан дьону эмиэ уһуйар маастар кылааһы педагогическай үлэ ветерана, уопуттаах  иистэнньэҥ, сахалыы кыбытыкка маастар В. П. Яковлева ыытта. Оскуола оҕолоро бу күннэргэ музейнай уруоктарга сылдьан саха омук төрүт ииһин билсиэхтэрэ.

Биир умнуллубат түгэнинэн «Сахалыы таҥастаах ретро-уобарас» фотозонаҕа хаартыскаҕа түһүү буолла. Нэһилиэкпит олохтоохторун мөссүөннэрин фотограф Уйусхан Софронов  үйэтиттэ.

Бу кэрэ-бэлиэ күн талба талааннаах маастардарбытыгар, энтузиастарга, кинилэр идеяларын, бырайыактарын олоххо киллэрэргэ көмөлөһөр дьоҥҥо – бука барыгытыгар дириҥ билиниибитин уонна ытыктабылбытын тиэрдэбит. Айар алып умсулҕана угуйа турдун, айымньылаах үлэҕит таһаарыылаах буоллун! Ситиһиилэри, дьолу-соргуну, уйгулаах олоҕу баҕарабыт!






























 

Комментариев нет:

Отправить комментарий