"Мин түөспэр тэлээрэ көтөрө
Уот кыһыл пионер хаалтыһа,
Линейка, костер, сбор түмсүүтэ
Сүрэхпэр умнуллубат үтүө өйдөбүл..."
Кулун тутар 15 күнүгэр оҕо-аймах сүрүн түмүллэр күүһэ
буолбут Сахабыт сиригэр Пионерия төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах “Кыыһар кыһыл хаалтыстаах оҕо сааспыт” көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ буолан ааста. Бу үөрүүлээх чааһы "Эйгэ" саҥа көлүөнэ библиотекатын сэргэ Д.Ф. Алексеев аат. I Хомустаах орто оскуолатын библиотеката (Константинова Л.Г.), музейа (сал. Винокурова С.Н.) уонна "Ньургуһун" общественнай түмсүү (сал. Колесова Н.С.) тэрийэн ыыттылар. Ыалдьыттарынан буоллулар улуустааҕы "Движение первых" Оҕо хамсааһынын салайааччылара Ядрихинская А.И.,Васильева С.А. уонна нэһилиэкпит ветеран пионердара. Ветеран пионердарга Саха сиригэр пионерия тэриллибитэ 100 сылыгар анаммыт юбилейнай бэлиэлэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Оскуола библиотекара Ларианна Гаврильевна "Путешествие по стране Пионерия", Анна Ильинична уонна Сахаяна Алексеевна "Флагомания" уо.д.а. ыыппыт интеллектуальнай күрэхтэригэр элбэх сөптөөх эппиэттэри биэрэн 6 кылаас үөрэнээччитэ Уйгун Мамаев муҥутуур кыайыылаах аатын ылан мэтээл кэттэ, көрсүһүү кыттыылаахтарыттан интервью ылла.
Оҕо сааспыт биир сүрүн үтүө өйдөбүлүнэн - пионер
буолуу, ол кэккэтигэр киирии элбэх киһиэхэ умнуллубат чаҕылхай түгэннэри хааллардаҕа. Кылгастык
историяны сэгэтэн аастахха, 1922
сыллаахха, советскай дойду үрдүнэн Комсомол Бүтүн
Россиятааҕы II конференциятыгар пионердар этэрээттэрин тэрийэр туһунан
быһаарыныы ылыллыбыта. Пионерскай хамсааһын 1922 сыл ыам ыйын 19 кунугэр
тэриллэн баран 1991 сыл Сойуус ыһыллыар диэри бэлиэтэммитэ. 2022 сыл ыам
ыйын 19 күнүгэр, улуу эһээбит В.И.Ленин аатынан Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай
хамсааһын тэриллибитэ өрөгөйдөөх 100 сылын туолбута. Бу сыллар усталарыгар 200 мөлүйүөнтэн
тахса 10-14 саастаах оҕолор пионер буола сылдьыбыттара биллэр. Пионерскай
дружиналар, этэрээттэр оҕону бары өттүнэн иитиигэ улахан оруоллаахтар этэ. Онтон
Сахабыт сиригэр 1924 сыл тохсунньу ый 24 күнүгэр Пионерияны тэрийэр туһунан
Уураах таһаарбыттарын кэннэ олунньу ый 17 күнүгэр, Дьокуускай куоракка, бастакы
пионерскай этэрээт тэриллибитэ. Бу этэрээккэ уопсайа 63 оҕо киирбитэ. Бу кэннэ Өлүөхүмэҕэ,
Бүлүүгэ, Үөһээ Дьааҥыга пионер этэрээттэрэ тэриллибиттэрэ.
Нам улууһугар бу сыл алтынньы ыйыгар
бастакы пионерскай этэрээт тэриллибитэ.Пионердар бастакы ахсааннарыгар суруйааччы
Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ эмиэ баара. Саха
сирин Пионерията Бүтүн Сойуус
үрдүнэн биир бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьыбыта.
Оҕо сааспыт «Эдэр пионердар,
Сэбиэскэй Сойуус хомуньуус баартыйатын дьыалатын иһин мэлдьи бэлэм буолуҥ!»
диэн ыҥырыынан ааспыта. Бу ытык соло барыбытын үчүгэйдик үөрэнэргэ,
бэрээдэктээх буоларга, интернационализм тыыныгар ииппитэ, аҕам дьону, Ийэ
дойдуну ытыктыырга үөрэппитэ. Үйэлээх
бырааһынньыкпытынан Саха сирин бары пионердарын, баһаатайдарын эҕэрдэлиибит.
Инникитин көлүөнэ ситимин быспакка, дьоллоох оҕо саас кэрэ кэмнэрин бэлэхтиир аныгы
пионериябыт – "Движение первых" хамсааһын салгыы туругура, чэлгийэ турдун!
Комментариев нет:
Отправить комментарий