четверг, 25 января 2024 г.

Таллан уруоктара


 "Эйгэ" саҥа көлүөнэ библиотекатыгар тохсунньу 17 күнүттэн тохсунньу 26 күнүгэр диэри оскуола үөрэнээччилэригэр биир дойдулаахпыт, поэт, тылбаасчыт, гражданскай сэрии кыттыылааҕа, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ 115 сылыгар аналлаах  "Таллан уруоктара" ыытылыннылар. Саха норуотун номоҕор олоҕурбут "Көмүс муос" поэма-остуоруйатынан "Сээркээн Сэһэн 7 дьиктитэ" медиа-уруоктар "Улыбка", "Мичийээнэ" уһуйаанын улахан бөлөх иитиллээччилэригэр көрдөрүлүннүлэр. Оҕолор истибиттэрин чиҥэтэн ыйытык боппуруостарга эппиэттээтилэр, пазл хомуйуутугар күрэхтэстилэр. 

Күндү ааҕааччы! Эн аах, таптаа бу дьикти поэзияны, киир, сырыт Таллан Бүрэ саарыстыбатыгар. Манна барыта үрдүк үрүттээх, сырдык сыдьаайылаах, үчүгэй өрүттээх. Бу саарыстыбаттан эн санааҥ сырдаан, өйүҥ үрдээн, сүрэҕиҥ тэбиитэ эрчимирэн тахсыаҥ.

                                 Семен Данилов, саха народнай поэта


   


















Комментариев нет:

Отправить комментарий