Сэтинньи 24 күнүгэр библиотекаҕа үгэскэ киирбит түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар интеллектуальнай күрэх буолан ааста. Быйылгы тэрээһин Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллыбыт "ОлоҥхоТОК" П.А. Ойуунускай 130 сылыгар ананна. Оонньуу "Ойуунускай уонна Олоҥхо", "Олоҥхо эйгэтэ" уонна "Олоҥхо геройдарын таай" түһүмэхтэринэн ыытылынна.
Күрэххэ "Дьулуур", "Кустук", "Саһарҕа" түөлбэлэр кыттыынын ыллылар. "Дьулууртан" (сал. Сивцева М.П.) Захаров Александр, Федотов Николай-Уран Утум, Ядреев Дьулустаан, "Кустуктан" (сал. Руфова Е.И.) Павлова Дарина, Соловьева Татьяна, Павлова Мирена, "Саһарҕаттан" (сал. Сысолятина Н.Р.) Винокуров Урсун, Избеков Иннокентий, Егоров Эрнест кыттыыны ыллылар. Түһүмэх аайы 10-нуу ыйытыктаах күрэххэ кыттааччылар бэйэлэрин тургутан көрдүлэр. Бастакы миэстэҕэ "Кустук", иккискэ "Саһарҕа", үһүс миэстэҕэ "Дьулуур" таҕыста. Саамай элбэх сөптөөх эппиэти Егоров Эрнест (9 кыл.) биэрэн "Өркөн өй" анал аатын ылла. Күрэҕи тэрийэргэ, ыытарга көмөлөстө оскуола библиотекара Константинова Л.Г. Бары кыттааччылар күрэххэ кыттан, олоҥхо туһунан билбэтэхпитин билэн бардыбыт, диэн үөрэ-көтө тарҕастылар.
Комментариев нет:
Отправить комментарий