пятница, 20 октября 2023 г.

Нэһилиэкпитигэр Аҕа сылынан

       Алтынньы ый 19 күнүттэн нэһилиэкпитигэр Аҕа сылыгар аналлаах  «Өй-толкуй» интеллект оонньуу саҕаланна. Бу күрэххэ ким баҕалаах сайаапка биэрэн кыттыыны ылыан сөп (кылаас иһинэн, кылаастар, тэрилтэлэр, түөлбэлэр, түмсүүлэр, дьиэ кэргэттэр икки ардыларыгар).


Күрэх сыалынан-соругунан буолар:

- төрөөбүт дойдубут  историятын, сиэрин-туомун  билии, тарҕатыы

- аҕа оруолун суолтатын уонна оҕо уратытын бэлиэтээһин

- төрөппүт эппиэтинэһин үрдэтии

-  олохтоох автордар хоһооннорун билсиһиннэрии

     Күрэх балаһыанньатынан хамаандаҕа аҕа уонна оҕо киирэллэр,  аат толкуйданаллар.  Хамаанда тэҥ формалаах буолара  биhирэнэр. Оонньуу 5 түһүмэҕинэн ыытыллар. Ол курдук:

1 түһүмэх «Нам улууһун  историятын кэрчиктэрэ»

2 түһүмэх «Ыйытык хаартылар»

3 түһүмэх «Хаһан?Ханна?Хайдах?»

4 түһүмэх  «Төлөнтөн саҕыллыбыт дорҕооннор» (көппүт тыллары суруйуу)

5 түһүмэх «Тылтан тыл таһаарыы»

Бастакы оонньуубут Д.Ф.Алексеев аат. 1 ХОО 8 кылааһын коллективыгар анаан ыытылынна. Уопсайа 5 хамаанда кыттыыны ылла – “Колесовтар”, “Николаевтар”, “Гуси”, “Сулустар” уонна “Мухомордар”.

5 түһүмэх түмүгүнэн кыайыылаах аатын сүктүлэр:

- 1 миэстэ -  «Өркөн өй» анал аат Антон, Айкар Николаевич Колесовтар хамаандалара

-  2 миэстэ - «Сайдам»  анал аат Равиль, Юрий Александрович Николаевтар хамаандалара

-  3 миэстэ - «Дьулуур» анал аат Леня Петров уонна Василиса Попова “Сулустар” хамаандалара.

 

Интеллектуальнай, толкуйдатар өй күрэҕэр кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар махтанабыт. Үөрэххитигэр ситиһиини, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт!



                                       







 

Комментариев нет:

Отправить комментарий