Страницы

вторник, 13 февраля 2024 г.

"Тыа сирэ - Ийэ тыл түөлбэтэ"

 

     Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн олунньу 12 күнүгэр "Алгыс" НАК нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыларыгар "Тыа сирэ - Ийэ тыл түөлбэтэ" диэн тыл оонньуута буолан ааста. Бу күн кулууппут үлэһиттэрэ оонньуу кыттыылаахтарын, ыалдьыттарын сахалыы сиэринэн алаадьылаах, итии үүттээх чэйинэн көрүстүлэр. Барыта сэттэ хамаанда:  ветераннар, олохтоох администрация үлэһиттэрэ, 1 Хомустаах орто оскуолатын учууталлара, "Улыбка", "Мичийээнэ" уһуйааннара, балыыһа, "Алгыс" НАК  коллективтара өркөн өй оонньуутугар  күөн көрүстүлэр. Күрэс сыала-соруга: ийэ тылы билии, үөрэтии, төрөөбүт төрүт тылга убаастабылы иҥэрии; саха литературатын өрө тутуу, уус-уран айымньыга кэрэхсэбили үөскэтии;  хамаанданан күрэхтэһии тыынын иитии буолар.   Оонньуу уопсайа 5 түһүмэҕинэн ыытылынна. 1 түһүмэх: Хамаанда бэйэтин билиһиннэриитэ; 2 түһүмэх: «Ийэ тыл - саха саргыта»: 13 ыйытык; 3 түһүмэх: Хара дьааһык; 4 түһүмэх: «Ийэ тыл - алгыстаах тыл» (саха суруйааччыларын айымньыларынан киинэлэри таай); 5 түһүмэх: «Ийэ тыл - өркөн өй» бэйэ оонньуута. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр Томская А.А., Попова С.Н. уонна Избеков И.П. Өркөн өй күрэҕин ыытта "Эйгэ" саҥа көлүөнэ библиотекара Сивцева Л.П. Күрэс түмүгүнэн саамай элбэх сөптөөх эппиэти биэрэн бастакы миэстэҕэ "Кылаан чыпчаал" аатын ылла "Алгыс" НАК хамаандата уонна харчынан премияланна. Ити курдук кыттааччылар төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр төһө дириҥ билиилээхтэрин бэйэлэрин тургутан көрдүлэр, билбэтэхтэрин билэн астынан тарҕастылар.

Толкуйдатар өй күрэҕэр кэлэн кыттыыны ылбыт тэрилтэлэрбит хамаандаларыгар улахан махталбытын тиэрдэбит!

























Комментариев нет:

Отправить комментарий