Страницы

пятница, 24 мая 2024 г.

Ыам ыйын 25 күнэ - Оһуохай күнэ

   Алгыс курдук аман тыллаах, арчы курдук ыраастыыр аналлаах                Оһуохай күнүнэн!                

 Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев балаҕан ыйын 7 күнүгэр Оһуохай күнүн олохтуур туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. Ыйаах Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх баайын эбийиэгин – саха төрүт үҥкүүтүн  «Оһуохайы» харыстыыр уонна тарҕатар соруктаах. 

Бу үөрүүлээх тэрээһин чэрчитинэн, «Эйгэ" саҥа көлүөнэ библиотекатыгар «Оһуохай күнэ» бэлиэтэннэ. Тэрээһиҥҥэ кэлбит  3 "б" кылаас үөрэнээччилэрэ (кыл/сал. В.С. Пинигина) СӨ нац. библиотекатын медиакиинэ оҥорбут сахалыы тыллаах мультик видеоролигын көрдүлэр, оһуохай саха омукка дириҥ суолтатын билистилэр. "Айылгы" кыраайы үөрэтэр саалатыгар "Оһуохай - омугу сомоҕолуур сүдү күүс" кинигэ быыстапкатын сэҥээрэ көрдүлэр. Салгыы "Алгыс" норуот айымньытын киинин фольклорга специалиһа Е.И. Руфова оҕолорго оһуохайы хаҥас илиилэринэн үөhээ өттүттэн тутуhан, уҥа илиилэрин аллараа өттүттэн ылсан, күн эргииринэн оһуохайдыылларын  кэпсээтэ, көрдөрдө, оһуохай тылын эттэ. Бу курдук оҕолорбут оһуохайдаан самаан сайын кэлиитин уруйдаан көрүстүлэр.













Комментариев нет:

Отправить комментарий