Страницы

понедельник, 29 января 2024 г.

Я будущий студент

   Тохсунньу 25 күнэ — Россияҕа студеннар уонна Татьяналар күннэрэ.  "Алгыс" норуот айымньытын киинигэр тохсунньу 27 күнүгэр бу бэлиэ күнү бэлиэтиир ураты тэрээһин ыытылынна. Кыттыыны ыла кэллилэр И.Е. Винокуров аат. Намнааҕы педагогическай колледж устудьуоннара, З.П.Саввин аат. Үөдэй орто оскуолатын, Д.Ф. Алексеев аат. Бастакы Хомустаах оскуолатын үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ. Тэрээһин бастакы чааһыгар    "Профориентационная беседа" төгүрүк остуол буолла. Нэһилиэкпит киэн туттар студеннара Диана Азарова, Аэлита Стручкова,Света Филиппова уонна И.Е. Винокуров аат. Намнааҕы пед.колледж студеннара   быйыл оскуоланы бүтэрэр уонна 9-с кылаас кэнниттэн орто анал үөрэххэ барар оҕолорго инники идэлэрин сөпкө талалалларыгар сүбэ-ама биэрдилэр, устудьуон көрдөөх-нардаах, түбүктээх олоҕун туһунан кэпсээтилэр,  боппуруостарга эппиэттээтилэр, экзаменнарын ситиһиилээхтик туттарсан, олох киэҥ аартыгар үктэнэллэригэр ситиһиилэри баҕардылар.  
  Тэрээһин иккис чааһыгар "Эйгэ" саҥа көлүөнэ библиотеката бэлэмнээбит "Я будущий студент" интеллектуальнай квиз-оонньуу студеннары, ыччаттары уонна оскуола үөрэнээччилэрин түмтэ.  5 түһүмэхтээх оонньуу: "Тест-тур", "Саха биллиилээх Татыйааналара", "Буукубалар уонна идэлэр", "Стоп-кадр" уонна "Своя игра" оонньуу бэрт сэргэхтик ааста. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр Н.Д. Жиркова "Эйгэ" саҥа көлүөнэ библиотекатын сэбиэдиссэйэ, А.И. Руфова "Алгыс" НАК сүрүннүүр методиһа, Е.А. Скрыбыкина "Эрэл" эдэр ыччат түмсүү салайааччыта. Күрэх түмүгүнэн I миэстэни И.Е. Винокуров аат. Намнааҕы педагогическай колледж устудьуоннарын "Лучики" (кап. Саввина Амелия), II миэстэни Д.Ф. Алексеев аат. Бастакы Хомустаах орто оскуолатын "Cирдьит" (кап. Алексеев Артем) үөрэнээччилэрин, III миэстэҕэ З.П. Саввин аат. Үөдэй орто оскуолатын "Саабын сыдьааннара" (кап. Эверстова Уйгууна) үөрэнээччилэрин хамаандалара ыллылар. Түмүккэ ыччаттар бары түмсэн көрдөөх оонньуулары оонньоон, үҥкүүлээн, бэйэ-бэйэлэрин кытары билсэн, дуоһуйан тарҕастылар.

















Комментариев нет:

Отправить комментарий