Страницы

среда, 29 ноября 2023 г.

"Ойуунускай ааҕабыт"

Саха сиригэр Аан дойдутааҕы инбэлииттэр күннэрин чэрчитинэн 1 Хомустаах нэһилиэгин “Үргэл” инвалидтар обществолара,  “Эйгэ” саҥа көлүөнэ библиотеката көҕүлээһиннэринэн куйаар ситимин нөҥүө улуу суруйааччыбыт П.А Слепцов-.Ойуунускай 130 сылыгар аналлаах “Ойуунускайы ааҕабыт” улуустааҕы кэтэхтэн күрэх биллэрбитэ.  Күрэх сыалынан П.А.Ойуунускай хоһооннорун пропагандалааһын, сахалыы уус-уран айымньыны ааҕыыга тардыы, патриотическай тыыҥҥа иитии буолар. Намтан, Хатырыктан, Бөтүҥтэн, Хамаҕаттаттан, Үөдэйтэн, 1 Хомустаахтан 12 киһи кытынна. Бары кыттааччыларга  хоһооннорун музыканан доҕуһуоллаан, көстүүтүн ситэрэн-хоторон оҥорон, ис дууһаларыттан долгуйан, бэлэмнэнэн аахпыттарыгар улахан махталбытын тиэрдэбит! 


 I ҮРДЭЛ
"Татыйык ырыата" Соловьева Александра Афанасьевна
Бөтүҥ нэһ.

II ҮРДЭЛ
"Өрүөл кэриэһэ" Сивцева Зоя Алексеевна
Нам сэл.

III ҮРДЭЛ
"Бырастыы" Наумова Ульяна
Хатырык нэһ.

Анал аат "УРАН ТЫЛЛААХ ААҔААЧЧЫ" 
"Доҕорбор Сүөкүччэҕэ" 
Васильева Казимира Михайловна
Хатырык нэһ.

Анал аат "ДОРҔООННООХ ААҔААЧЧЫ"
"Татыйык ыллыыра" Попова Светлана Ивановна
Хатырык нэһ.

Анал аат "КЭСКИЛЛЭЭХ ААҔААЧЧЫ"
Ермолаев Алексей Альбертович
"Былыт" (А.С. Пушкин "Туча" хоһоонун перевода)

"Өрүөл кэриэһэ" Местникова Раиса Афанасьевна
Хамаҕатта нэһ.

"Үлэһит ырыата" Индеева Надежда Владимировна
Хамаҕатта нэһ.

"Дьулуруйар Ньургун Боотур" Стручкова Анна Афанасьевна
Хамаҕатта нэһ.

"Санаа" Сивцева Матрена Иннокентьевна
         Хамаҕатта нэһ.

"Оҕо куйуурдуу турара" Софронова Христина Петровна
 Ойуунускай айымньытынан Марта-Мария хоһооно
Нам с.

Сысолятина Анастасия Семеновна
Үөдэй нэһ.





Комментариев нет:

Отправить комментарий