Алтынньы ый 19 күнүттэн нэһилиэкпитигэр Аҕа сылыгар аналлаах «Өй-толкуй» интеллект оонньуу саҕаланна. Бу күрэххэ ким баҕалаах сайаапка биэрэн кыттыыны ылыан сөп (кылаас иһинэн, кылаастар, тэрилтэлэр, түөлбэлэр, түмсүүлэр, дьиэ кэргэттэр икки ардыларыгар).
Күрэх сыалынан-соругунан буолар:
- төрөөбүт
дойдубут историятын, сиэрин-туомун билии, тарҕатыы
- аҕа оруолун
суолтатын уонна оҕо уратытын бэлиэтээһин
- төрөппүт
эппиэтинэһин үрдэтии
- олохтоох автордар хоһооннорун билсиһиннэрии
Күрэх балаһыанньатынан хамаандаҕа аҕа уонна оҕо
киирэллэр, аат толкуйданаллар. Хамаанда тэҥ формалаах буолара биhирэнэр. Оонньуу 5 түһүмэҕинэн ыытыллар. Ол
курдук:
1 түһүмэх «Нам
улууһун историятын кэрчиктэрэ»
2 түһүмэх «Ыйытык
хаартылар»
3 түһүмэх
«Хаһан?Ханна?Хайдах?»
4 түһүмэх «Төлөнтөн саҕыллыбыт дорҕооннор» (көппүт
тыллары суруйуу)
5 түһүмэх «Тылтан тыл таһаарыы»
Бастакы оонньуубут Д.Ф.Алексеев аат. 1 ХОО 8 кылааһын коллективыгар анаан ыытылынна. Уопсайа 5 хамаанда кыттыыны ылла – “Колесовтар”, “Николаевтар”, “Гуси”, “Сулустар” уонна “Мухомордар”.
5 түһүмэх түмүгүнэн кыайыылаах аатын сүктүлэр:
- 1
миэстэ - «Өркөн өй» анал аат Антон,
Айкар Николаевич Колесовтар хамаандалара
- 2 миэстэ - «Сайдам» анал аат Равиль, Юрий Александрович Николаевтар хамаандалара
- 3 миэстэ - «Дьулуур» анал аат Леня Петров уонна Василиса Попова “Сулустар” хамаандалара.
Интеллектуальнай,
толкуйдатар өй күрэҕэр кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар махтанабыт. Үөрэххитигэр
ситиһиини, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт!
Комментариев нет:
Отправить комментарий